А. А. Бэрияк
avgustina.1988
Created on October 15, 2022
Over 30 million people build interactive content in Genially.
Check out what others have designed:
PROMOTING ACADEMIC INTEGRITY
Presentation
HISTORY OF THE CIRCUS
Presentation
AGRICULTURE DATA
Presentation
LAS ESPECIES ANIMALES MÁS AMENAZADAS
Presentation
WATER PRESERVATION
Presentation
BIDEN’S CABINET
Presentation
YURI GAGARIN IN DENMARK
Presentation
Transcript
төрөөбүтэ 110 сылыгар
1912-1979ПОЭТ, ПРОЗАИК,ТЫЛБААСЧЫТ, ЖУРНАЛИСТ
Алексей Алексеевич Бэрияк
Алексейы төрөөтүн кытта аҕыйах хоноот, сэтинньи 8 күнүгэр Бээрийэҕэ баар Лөгөй Троицкай таңаратын дьиэтигэр сүрэхтээбиттэр.
Бэйэтин кэмигэр биллэр поэт, прозаик, тылбаасчыт, журналист Алексей Алексеевич Бэрияк алтынньы 16 күнүгэр 1912 с. II-с Лөгөйгө, билигин Бээрийэ нэhилиэгин сиригэр Элэмэс Кэрэх (Соҕуруу Үөс) диэн, бөhүөлэк аттыгар сытар, Танда үрэх сыhыытыгар Васильев Алексей Яковлевич (29.05.1891) уонна Серафима Лаврентьева дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.
Захар Прокопьевич Петров
Иван Семенович Турантаев - Аадырыс
Алексей Бэрияк Бээрийэҕэ эбээтигэр Өрүүнэҕэ иитиллибитэ. 1921-1923 сс. Бээрийэ 1 ступеннаах советскай комплекснай оскуолатыгар үөрэммитэ. Бу кэмңэ оскуола сэбиэтин председателинэн Иван Семенович Турантаев (Аадырыс) – норуот эмчитэ Турантаев Гурий Иванович аҕата этэ. Учууталынан Захар Прокопьевич Петров, Петров Прокопий Николаевич, муосчут, таңараhыт уола үлэлээбитэ.
Айар үлэтэ
Алексей Бэрияк бастакы хоhоонноро 1928 сыллаахха балаҕан ыйын 25 күнүгэр «Хотугу ыччат» хаhыакка бэчээттэнэн тахсыбыттара. Манна баара суоҕа 16 саастаах. 1931 сылтан, Саха сирин оройуоннарыттан бастакы хаhыаттарыттан биирдэстэригэр Чурапчыга «Сэссэлиисимэ суола», литературнай сотруднигынан үлэлээбитэ биллэр. Оччолорго баара суоҕа 18 саастаах уол. Редакторынан ананан тахсыбыт Петр Николаевич Гоголевтан, хайыы – үйэ биллэр суруйааччы буолбут Эрилик Эристиинтэн, Күн Дьирибинэттэн элбэххэ үөрэммитэ чуолкай. Өссө кини айар үлэтигэр Анемподист Софронов улаханнык сабыдыаллаабыта. Киниэхэ анаан Алексей Бэрияк 1936 сыллаахха «Ырыа дьолу туойар» диэн хоhоону суруйар.
1932 сыллаахха Амма Аччыгыйа Бэрияк хоhоонноруттан талан «Охсуулаахтык үлэлиэҕиң, уоттаахтык ыллыаҕың» диэн бастакы кинигэтин таhааттарбыта. Ити сыл Алексей Алексеевич бастыңнар ортолоругар киирэн Москваҕа айар үлэhиттэр съезтарыгар кыттыыны ылбыта. 1933 сыллаахха иккис «Суол солонуута» диэн кинигэтин эмиэ Амма Аччыгыйа редакциялаан таhаартарбыта. 1935 сыллаахха Уус-Алдаңңа «Эдэр бассабыык» хаhыаты тэриттэрэ эмиэ П.Н.Гоголевы кытары ыыппыттар. Манна Алексей Бэрияк 1936 сылга диэри редакторы солбуйааччынан үлэлээбитэ. Бу сылтан 1938 сыллаахха диэри Мэңэ Хаңаласка «Колхоз кырдьыга» хаhыат редакторынан анаммыта. Бу сылга баара суоҕа 26 сааhыгар ССРС суруйааччыларын союhугар киирбитэ.
1938 сылтан Якутгосиздательствоҕа эппиэттээх редакторынан үлэлээбитэ. Алексей Бэрияк сэриигэ тыллана сатаабытын, хараҕа мөлтөҕүнэн ылбатахтар.«Сэрии саҕана Өлөксөй журналист, суруйааччы, редактор быhыытынан күнүстэри – түүннэри үлэлээбитэ. Тостор тымныыга туос аччык, мөлтөх таңастаах – саптаах, көлөнөн оройуоннарга тахсан, очерк суруйа охсон киирэрэ. «Хотугу сулуhу» суос – соҕотоҕун редакциялаан оңорон таhаарара. Оччолорго соҕотох эр киhи кини мөхсөрө, мыраантан мас кэрдэн киллэрэн, кэнсэлээрийэтин оhоҕун бэйэтэ отто – отто үлэлиирэ…» Анастасия Сыромятникова
Сэрии кэмигэр кыайыыны уhансарга түмэр, сороҕо ырыа буолан ылламмыт хоhооннору айыталаабыта.1947 сылтан 1951 сылга диэри Усть-Янскайга хаhыат редакторынан үлэлээбитэ. Бу дойдуну сөбүлээн, Хоту дойду туhунан элбэх хоhоону айар. Кини саха поэзиятыгар хотугу теманы аан маңнай арыйбыт поэтынан буолар.1951-1953 сылларга «Кыым» хаhыакка суруналыыстыыр, маны тэңэ Мэңэ Хаңаласка оройуон хаhыатын редакциятыгар үлэлээбитэ.1 сыл Амма оройуонугар хаhыат редакторынан, 1957 сылга диэри Якутгоиздательствоҕа үлэлиир. 1955 сыллаахха тахсыбыт «Хотугу хоhооннор» диэн хомуурунньуга тута биhирэнэн нууччалыы тылбаастаммыта. 1957с. Москваҕа саха литературатын, искусствотын күннэригэр кыттар, кинигэтэ ырытыллар.
Бу сылтан 1963 сылга диэри «Кыым» хаhыакка, 1 сыл «Хотугу сулус» сурунаалга үлэлээн баран 1970 сылга диэри Верхоянскайга оройуоннааҕы хаhыакка тылбаасчытынан барар. 1970 сылтан 1979с., бу олохтон туоруор диэри, «Хотугу сулус» сурунаалга үлэлээбитэ. Кинини билэр биир дойдулаахтара, бииргэ үлэлээбит коллегалара, суруйааччылар Алексей Бэриягы сытыары сымнаҕас, тахса, биллэ – көстө сатаабатах киhи быhыытынан ахталлар.Тылбаасчыт быhыытынан Алексей Бэрияк эмиэ биллибитэ. Б.Горбатов «Непокоренные романы», Б.Титков «Что я видел» кэпсээнин, И Крылов үгэлэрин, А.Толстой оҕолорго кэпсээннэрин, В.Вишневскай «Незабываемый 19-й год» драматын, араас таhымнаах кинигэлэри, инструкциялары, дакылааттары, холобура, Доброхотова А.И. «Берегите детей от заразных болезней» диэн кинигэтин эбэтэр
«Инструкция по применению зажигательных бутылок» диэн инструкцияны, о.д.а. тылбаастаабыта. «Уол оҕо саадаҕын үстэ курданар» диэн ыччат промышленноска үлэтин көрдөрөр» улахан сэhэни суруйан иhэн Алексей Бэрияк 1979 сыллаахха атырдьах ыйын 6 күнүгэр олохтон туораабыта. 2012 сыллаахха Уус-Алдан улууhун кииннэммит библиотека тиhигэ Алексей Бэрияк ыйынньыларынан библиографическай испииhэги таhаарбыта. 2012 сыллаахха Бээрийэҕэ Алексей Бэрияк төрөөбүтэ 100 сыла бэлиэтэммитэ. Бу күн төрөөбүт өтөђөр бэлиэ турбута.